Омук быһыытынан уратыбыт
Саха тыла — төрөөбүт тылым. Кинини мин ийэм үүтүн кытта иҥэриммитим.
Төрөөбүт тылбыт алмаас курдук күндү. Наһаа баай, сибэкки арааһын курдук кэрэ дорҕоонноох.
Саха оҕото хайаан да сахалыы саҥарыахтаах. Тыл — омукпут бэлиэтэ, уратыта.
Мин төрөөбүт тылбын наһаа таптыыбын. Сахам тыла куруук баар буолуо диэн эрэнэбин.
Бурцева Снежана.
Ыраастык саҥарыах
Хас биирдии омук бэйэтэ төрөөбүт тыллаах. Мин төрөөбүт тылым, эмиэ атын омуктар курдук, элбэх баайдаах.
Биһиги төрөөбүт тылбытын олус таптыыбыт, харыстыыбыт. Сорох оҕолор саха тылын уонна нуучча тылын бутуйан саҥараллар. Ол сыыһа дии саныыбын. Хас биирдии омук бэйэтин тылынан ыраастык саҥарыахтаах. Атын омук тылын үөрэтэргэ тирэх буолар. Ону өйдөөн, тылбытын сайыннарыахтаахпыт. Ол биһигиттэн улахан тутулуктаах.
Бурцева. Нарыйа.
Тыл баар — омук баар
Тыл суох буоллаҕына, омук да суох буолар. Онон тылбыт сүппэтин туһугар биһиги, оҕолор, билиҥҥиттэн кыһаныахтаахпыт.
Төрөөбүт тылбыт баайын баһылыахтаахпыт. Оччоҕо эрэ саха омук кэлин да баар буолуо.
Онон, оҕолоор, төрөөбүт тылгытын таптааҥ, омукпут кэскилэ биһигиттэн тутулуктааҕын умнумаҥ.
Горохова Вера.
«Саһарҕа»пост эдкордара.
Эҥэ, Дьааҥы
Мария Дмитриевна
Максимова,
И.В.Яковлев аатынан
Үгүлээт орто
оскуолатын, саха тылын
уонна
литэрэтиирэтин учуутала.
«Саха тылым кэлэр
кэскилэ»
Тыл- омук күндү
баайа. Ханнык баҕарар норуот, бэйэтэ туспа тыллаах эрэ буоллаҕына, кини омук
быһыытынан сүппэт-оспот, симэлийбэт. Биһиги төрөөбүт тылбыт сурук-бичик
тарҕаныан инниттэн, киһиттэн киһиэхэ бэриллэн күн бүгүнүгэр дылы сүппэккэ,
симэлийбэккэ кэллэ.
Саха норуодунай
поэта Күннүк Уурастыырап: «Биһиги Ийэ тылбыт- саха тыла-киэҥ, дириҥ, муударай
ис хоһоонноох, хомоҕой, ньымсаҕай, имигэс формалаах, бэрт баай, дэлэй эрэ
өҥнөөх, сүрэҕи өрүкүтэр, дууһаны долгутар, өйү үлүһүтэр күүстээх-кыахтаах,
имэҥнээх-илбистээх, кэрэ дьикти тыл», — диэн бэргэнник да этэн турар.
Дьикти күүс,
биллэн турар, ийэ эмиийин үүтүн кытта хас биирдиибитигэр сүүрүгүрэн киирэн,
биһиги сахалыы саҥарабыт, омук быһыытынан туспатыйабыт.
Ол эрээри,
олохпут хаамыыта уларыйан, үйэ сайдан дуу?-, диэххэ, аныгы саха ыччата билиҥҥи
кэмҥэ үксүн бэйэ-бэйэни кытта билсэр, кэпсэтэр тылларынан нуучча тыла буолла
диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.
Ол курдук, аныгы
кэм киһитэ, оҕото сахалыы төрүт тылбытын, үгэспитин умна быһыытыйдыбыт. Билиҥҥи
кэмҥэ оҕо уһун күн төлөппүөн, көмпүүтэр көрөртөн ордубат. Онтон урут, биһиги
өбүгэлэрбит уһун күн таһырдьа сылдьан, от оттоон, мас мастаан күннэрин
барыыллара, кып-кыра оҕолорун тэҥҥэ батыһыннара сылдьан, үлэ үөрүйэхтэригэр,
үөрэтэллэрэ. Кинилэр үлэ эрэ үөрүйэхтэринэн муҥурдамматтара, ол сылдьан
таабырын таайсан, олоҥхолоон, чабырҕахтаан, тыл суолталарын оҕолоругар тута
быһааран биэрэллэрэ, бэйэлэрэ да билбэттэринэн, оҕолорун төрөөбүт тылларыгар
сыһыараллара. Оттон аныгы кэм төрөппүтэ куруук иллэҥэ суох, куруук оҕотугар
бириэмэтэ тиийбэт, оҕолоро кинилэри эрэ эрийбэттэрин курдук, төлөппүөн туттаран
кэбиһэллэр. Остуоруйа, олоҥхо кэлиэ дуо?, ончу суох. Аны, аныгы ыччат, тыа
дьонун үлэтигэр, сыстыбыт, буспут-хаппыт оҕо тарбахха баттанар буолуохтаах.
Төлөппүөнү,
көмпүүтэри баһылаабыт оҕо көрөрө эрэ барыта нуучча тыллаах киинэлэр,
мууччуктар, биэриилэр. Аны үгүс төрөппүт оҕотун кытта төрөөбүт тылынан
кэпсэппэккэ, нууччалыы тылынан кэпсэтэрэ киһи истэригэр сүөргү. Улуус, куорат эҥэр
оҕо уһуйааннара, оскуолалара нууччалыы тыллаах буоллулар. Бу мин саныахпар киин
сирдэргэ сахалыы тыллаах уһуйааннар, оскуолалар тиийбэттэриттэн буолуон сөп дии
саныыбын. Иннэ гынан, төрөппүт сахалыы тыллаах, иитиилээх уһуйааҥҥа да,
оскуолаҕа да оҕотун биэриэн баҕарбытын иһин миэстэ суоҕуттан, кыһалҕа кыһайан
нууччалыы тыллаах, иитиилээх уһуйааҥҥа биэрэр.
Мин саныахпар,
төрөөбүт сахабыт тыла-өһө симэлийбэтин туһугар үлэни хас биирдии саха ыалыттан
саҕалаан, ийэттэн-аҕаттан, төрөөбүт сириттэн-уотуттан, уһуйааныттан,
оскуолатыттан, үөрэх тэрилтэлэриттэн тиһиги быспакка, ситимнээхтик
үлэлээтэхпитинэ, биһиги омук быһыытынан эстиэхпит суоҕа. Ол курдук, саха уус-уран
айымньытынан оҕо ийэ иһигэр үөскүөҕүттэн, кэпсэтэ-ипсэтэ сырыттахха, кини күн
сирин көрбүтүн да кэннэ, ол үгэһи тохтоппокко өссө салҕаан, оҕо сааһынан көрөн
сайыннаран, өбүгэлэрбит үгэстэрин, эргэрбит тылларбытын, араас мындыр
үөрүйэхтэрин, сиэрдэрин-туомнарын тутустахпытына биһиги сахабыт тыла сайдар
кэскиллээх.
Түмүккэ, биһиги
саха сиригэр олорорбут быһыытынан, сахалыы тыллаах уһуйааннары, үөрэх
тэрилтэлэрин ахсаанын элбэтэрбит буоллар, биһиги кэнчээри ыччаппыт, бэйэтин
төрөөбүт тылынан холкутук саҥарыа этэ, — дии саныыбын. Уонна хас биирдии саха ыала
ыҥырыахпын баҕарабын, оҕолоргутун сахалыы тыынынан иитин диэн,- дьэ оччоҕуна,
биһиги омук быһыытынан тылбыт, култуурабыт үүнэр, сайдар суолга туруо этэ!.
«Төрөөбүт төрүт тылым- мин бар5а баайым»
Эссе.
Саха тыла Амма Аччыгыйа эппитин курдук «Сир симэ5ин курдук сиэдэрэй, үрүйэ уутун курдук ыраас», Күндэ эппитинии « Сөрүүн сүөгэй курдук сүрэ5и быары сөрүүргэтэр».
Мин, Аргунова Марианна Васильевна, бу сир үрдүгэр эңинэ бэйэлээх идэ баарыттан саамай ыарахан, ол гынан баран олус наадалаах, туһалаах, бочуоттаах идэ — учуутал идэтин талбыппыттан олус киэн туттабын. Учуутал идэтин талбыт киһиэхэ олус уустук сорук турар. Ол эн үөрэтэр о5олоруң инники дьыл5аларыгар улахан эппиэтинэһи сүгэриң буолар. Эн о5ону үөрэтэ ыллың да, кинини киһи гына иитэргэ сыал-сорук туруоран үлэлиигин. Бу о5о хайдах киһи буолан тахсара эн үөрэтэр предмеккин төһө дириңник билэргиттэн, ону сатаан о5олорго хайдах тиийимтиэтик биэрэргиттэн, бэйэң хайдах киһилии хаачыстыбалааххыттан, тулалыыр эйгэ5э, олоххо хайдах сыһыаннааххыттан улахан тутулуктаах. Ону таһынан, эн о5олору бэйэң төрөппүт о5олоруң курдук таптыахтааххын, оччо5уна эрэ о5олору кытта тапсан улэлиигин.
Хас биирдии омукка саамай күндүтэ, баайа – төрөөбүт төрүт тыла буолар. Төрөөбүт төрүт тылын билбэт диэн омук суо5ун кэриэтэ. Төрөөбүт тыл өссө оскуола да, кинигэ да суох эрдэ5иттэн норуоту үөрэтэн-такайан кэлбит уонна норуот баарын тухары иитэ-үөрэтэ турар улуукан уһуйааччы буолар. Саха о5ото кыра эрдэ5иттэн төрүт тылынан саҥара үөрэниэхтээх, сахалыы сиэринэн- туомунан, сахалыы тыынынан иитиллэн тахсыахтаах. Миигин кыра эрдэхпиттэн төрөппүттэрим сахалыы төрүт үгэстэринэн ииппиттэрэ, онтон оскуола5а сылдьан мин төрөөбүт тылбын интэриэһиргээн, умсугуйан үөрэтэр буолбутум. Yөрэнэр кэмнэрбэр, сыл аайы саха тылын олимпиадаларыгар кыттан бастыыр этим, араас курэхтэһиилэргэ, научнай аа5ыыларга ситиһиилээхтик кыттыбытым. Миигин сахам тылым кэрэтигэр угуйбута учууталым Павлов Гаврил Кириллович. Кини уруоктара наһаа интэриэһинэйдэр, бииртэн биир сонуну, сананы арыйан иһэр этим. Онтон салгыы төрөөбүт төрүт тылым миэхэ чугаһын, күндүтүн билэммин саха салаатын факультетыгар туттарсыбытым. Аныгы сайдыылаах үйэ о5олоро буоламмыт, хас да омук тылын баһылыахтаахпын диэн саха – английскай салаа5а үөрэнэ киирбитим. Умнуллубат студенческай биэс сылым чыычаах түннүгүнэн көтөн ааһырыныы, тургэнник элэстэнэн ааспыта. Студенныыр сылларбар, саха салаатын факультетын о5олоро барыга бары наһаа элэккэй, до5ордуу, көхтөөх буоларбыт. То5о диэтэххэ, биһиги бары уу сахалыы тыынынан үөрэнэр, төрөөбүт төрүт тылбытынан көнүллүк саҥарар – иҥэрэр, санаабытын аһа5астык этэр, ыллыыр – туойар, үнкүүлүүр этибит. Дьэ, манна мин билбитим төрөөбүт төрүт тылым- мин бар5а баайым буоларын.
2010 сыллаахха учуутал идэтин баһылааммын, үөрэхпин бутэрэн Нам улууһун, Арбын нэһилиэгэр үлэлии барбытым. 2011с оло5ум аргыһын көрсөммүн, 2 Хомустаахха кийиит буолан кэлбитим. 2012с Е.П.Сивцев аатынан 2 Хомустаах орто оскуолатыгар саха тылын уонна литературатын учууталынан күн бүгүҥҥэ диэри улэлии сылдьабын.
Билигин саха киһитин саңарар саңатын баайа кыараан, аччаан иһэр. О5олорбут саңалара өссө мөлтөх, ол иһин хайдах эрэ кинилэргэ саатар күннээ5и олохторугар сахалыы санаран сайынныннар диэн кылаас таһынан аа5ыыны тэрийэбин. Yөрэтэр кылаастарбар чиэппэр аайы биирдии, иккилии кинигэни аа5алларын ирдиибин. Кинигэни аахпат о5о тыла- өһө, санаата, толкуйа сайдыбат. Онон, «Кинигэ — биһиги үтүө до5орбут буолуохтаах» — диэн этиинэн сиэттэрэн о5олор өйдөрүн – санааларын уһугуннара сатыыбын.
Yлэм биир сүрүнэ научнай үлэнэн дьарыктаныы буолар. 5 кылаастан са5алаан о5олору дакылаат суруйуутугар үөрэтэбин. Сыл аайы научнай – практическай конференцияларга ситиһиилээхтик кыттабыт. Ол курдук икки сылы быһа «А5а уонна о5о сыһына» диэн дакылаатынан Ксенофонтов Алексейдыын үлэлээтибит. Бу улэбитинэн быйыл улууска 3 миэстэ уонна регионна лауреат үрдүк аатын ылбыппыт. Конференцияларга сылдьаммын, бэйэбэр элбэх саҥаны биллим- көрдум. Онон инникитин да5аны о5олору ылсан туран, научнай үлэ5э дьарыктыыр санаалаахпын.
Быйылгы үөрэх дьылыгар 5 кылаастарга кылаас салайааччытын быһыытынан анаммытым. Ийэ сирин, төрөөбүт төрүт тылын, дойдутун таптыыр, ытыктыыр, убаастыыр, төрөөбүт дойдутун туһугар ыалдьар, бэриниилээх буоларга куустээхтик улэлэһэбин. Ол аата кылгатан эттэххэ, патриот о5олору иитэн таһаарыахтаахпын. О5о тѳрѳѳбүт дойдутунан киэҥ туттар буолла5ына, кини ѳйѳ-санаата ыраас, кэрэ5э тардыһыыта дьулуурдаах, киэн туттан кэпсиир дьо5ура сайдар, кѳрүүтэ – билиитэ кэҥиир, бигэ туруктаах, тирэхтээх буолар. Тѳрѳѳбүт дойдутугар истиҥ тапталлаах о5о бары ѳттүнэн кѳмүскэллээх. Ханна да сырыттар кини элбэх дьон быыһыттан сырдаан, ча5ылыйан кѳстѳр аналланар, дьон – сэргэ биһирэбилин, ытыктабылын ылар кыахтанар, бэйэтин баарын биллэрэр дьоһун киһи буола улаатар. Онон, саха киһитин Ийэ дойдутугар таптала дьиэ кэргэниттэн, тѳрѳѳбүт-улааппыт дьиэтиттэн, тиэргэниттэн, оскуолатыттан, нэһилиэгиттэн, улууһуттан республика5а диэри кэҥээн иһиэхтээх. Ол сыалтан «Ийэ Дойдуга таптал туохтан са5аланарый?» диэн темалаах кылаас чаастарын ыытабын.
Кэрэ диэн тылга биһиги туох баар сырдыгы, ырааһы, учугэйи көрөбүт. Харах таптыы көрөрө – кэрэ, кулгаах сөбүлээн истэрэ – кэрэ, сүрэх сөбүлүүрэ – кэрэ. Мин бэйэм ункуу кэрэ эйгэтигэр улааппытым, иллэҥ кэммэр үнкүүнэн сөбүлээн дьарыктанабын. Оскуола5а үөрэнэр кэмнэрбэр, үнкүү кылааһын туйгуннук бутэрбитим, салгыы Дьокуускай куоракка студенныыр сылларбар, университет «Кундэл» народнай бөлө5өр дьарыктаммытым. Yнкүүм дьарыгын бырахпакка, оскуола5а үлэлии киирэн баран, о5олору үнкүүгэ угуйабын. О5о кэрэни кэрэхсиир, олохтон учугэйи көрдүү иитиллибит о5о ырааска, үчүгэйгэ тардыһар. Оннук уол о5о хорсун, хоодуот, көмүскэс үтүө санаалаах буолар, онтон кыыс о5о нарын, намчы аһыныгыс уйан уйул5аланар. Бу о5ону иитиим иккис көрүҥэ буолар.
Онон, түмүктээн эттэххэ, мин саха тылын учуутала буоларбынан киэҥ туттабын, төрөөбүт тыл – айымньылаах өй төрдө буолар. Киһи үчүгэйдик билэр хайа ба5арар тылынан толкуйдуон сөп. Ордук дөбөңнүк тулалыыр эйгэтин тылын, күннэтэ туһанар тылларын туттар. Ол гынан баран, о5о ордук тэтимнээхтик, дөбөңнүк сайдарыгар, айымньылаахтык, араас дэгэттээхтик толкуйдуу үөрэнэригэр ис иэйиитин толору этэр кыахтаах төрөөбүт тыла ордук көдьүүстээх. Маннык хайысханан сахабыт тыла кэхтэн-симэлийэн хаалбатын, салгыы сайдарын туһугар үлэлии-хамсыы сылдьабын.
Төрөөбүт төрүт тылбыт – бар5а баайбыт буоларын умнуо суохтаахпыт.
Суруйда саха тылын уонна литературатын учуутала
Аргунова Марианна Васильевна.
Торообут тыл кууьэ.
Биьиги сахабыт тыла олус баай, дирин историялаах, атын омук тылларыгар холоотоххо олус кэрэтик иьиллэр тыл. Тылбыт суппэтин, симэлийбэтин туьугар ,кэлэр кэнчээри ыччаппытын, сахалыы тыыннаан, утуо сиэргэ – майгыга угуйан, торообут тылбытын ыьыктыбакка инникигэ эрэллээхтик илдьэ сылдьыахтаахпыт.
Саха тылбытын уьуннук кэтээн корбут дьоннор этиилэринэн, сахалыы дьоьуннук толкуйдуур, санарар – инэрэр ыалга иитиллибит о5о утуо майгылаах сиэрдээх киьи буолан улаатар. Мин саныахпар ,торообут тылынан конуллук санара уорэммит о5о атын омук тылын тургэнник ылынар, иннигэ эрэлэ быдан тардыьыылаах буолар.
Оттон сахалыы тылы билбэт саха о5олорун кордоххо, куннээ5инэн толкуйдаах, уьуну – киэни ырыта барбат, быстах майгылаах буолар курдуктар. Онон сибээстээн, о5о кыра эрдэ5иттэн торообут тылынан иитиллэр эйгэтин кэнэтэн хайаан да ойтон суруйууну киллэрэр наада. Маннык тугэннэ о5о этэр санаатын сааьылана, тыл баайын эгэлгэтин туьана, толкуйдуур дьо5урун сайыннара уорэнэрин ситиьэллэр.
10-11 кылаастарга саха тылын уорэппэппит тумугэр, учуутал ба5арбата5ын да иьин, ити этэр ирдэбиллэригэр соп дииригэр тиийэр. Оччо5о торообут тылбыт суолтата намтаан, иьэрин кордорор.
Ити курдук кыра тугэннэртэн са5алаан иитиллибит ийэ тылбыт суогэйин-сумэтин инэрэн, киьилии киьини иитэргэ олук уурарга кыьаллыа5ын. Торообут тыл уорэх, иитиитин тыла буолар аналлаах.
Торообут тыл — саха киьитин оло5ор, инники кэскилигэр тэннэ кыттар иэйиитэ, тобулаан таьаарар оркон ойо, духовнаьа, торут обугэбит удьуорун, силиьин – мутугун быстыспат ситимэ.
Саргылаах сахабыт тыла сайда уунэ туруохтун!
Слепцова Анджелика 10-кылаас уорэнээччитэ
«Силис» куруьуок чилиэнэ Эбээх орто оскуолата.
«Силиһэ суох-мас үүммэт».
(төрүккун-уускун, ийэ тылгын бил-көр, харыстаа-салҕаа. Өс хоһооно.)
Тыл- омук саамай биир ураты бэлиэтэ буолар. Хайа да омук бэйэтэ тыллаах буолан, туспа омук аатырар. Тыл сүттэҕинэ, омук эстэр. Билиҥҥи кэмҥэ ийэ тылбытынан кэпсэтэр тылбыт-өспүт улам уларыйан, кэрэ сүмэтин, ырааһын уонна суолтатын сүтэрэн эрэрин биһиги күннээҕи олохпутугар көстөр.
Дьон ортотугар сыыс тыллары, жаргону туттуу олус элбээтэ. Холобура: «Халява», «Комп», «Ящик», «Мобила», «Жёскай», «Вау», «Ок», «Норм» уонна да атын тылынан кэпсэтии муода курдук буолла. Манна эбии аныгы смартфоннар, планшеттар, ноутбуктар, көмпүүтэрдэр нөгүө суругунан кэпсэтэр смс-тар, ммс-тар, интернет ситимин сибээһинэн кэпсэтэр программалара- «Ватсап», «Скайп», социальнай кэпсэтэр сирдэр- «ВКонтакте», «Твиттер», «Инстаграм», «Фейсбук», «Гугл плюс» уонна да атын кэпсэтиилэри эбиэххэ сөп. Манна араастаан тылы кылгатан, уларытан, атын омук тылын эбэн суруйуу, кэпсэтии араастаан тахсар. Ол түмүгэр төрөөбүт тылбытын сыыһырдарбыт тэнийэ, элбии турар.
Хас биирдии сахалыы куттаах киһи төрөөбүт тылын үчүгэйдик билэр, кыайа-хото туттар, этигэн буоллаҕына, кини бэйэтэ эмиэ оннук өйө-санаата ыраас, чэбдик, киэҥ көҕүстээх, санаата бөҕө буолар. Биһиги тылбыт төһөнөн сайдыылаах, хомоҕой буоллаҕына, биһиги бэйэбит норуот быһыытынан кыаҕтаах, күүстээх, сайдыылаах уонна инникигэ эрэллээх буолуохтаахпыт.
Ийэ тылбыт- биһиги баайбыт. Саха олорон ааспыт олоҕо; үлэтэ-хамнаһа, билиитэ-көрүүтэ, өйө-санаата, сиэрэ-майгыта, тугу оҥорбута- туппута барыта тылыгар сөҥөн сылдьар.Төрөөбүт тыллаах киһи ийэ куттаах, бигэ силистээх, айар-тутар дьоҕурдаах, бу айылҕа анаабыт эйгэтэ буолар. Ол иһин төрөөбүт тылы- омук тыына, дьылҕата диэн этэллэр. Маны биһиги өбүгэлэрбит билэн, өс хоһоонугар хоһуйдахтара: «Силиһэ суох мас үүммэт»,-диэн.
Ийэ тылбыт хас биирдии сахалыы тыллаахтан тутулуктааҕын уонна омук быһыытынан симэлийэн эстэн хааларын умнуо суохтаахпыт, төрөөбүт ийэ тылбыт чэчирии сайдарыгар бары туруулаһыахтаахпыт. Билиҥҥи уонна кэлэр көлүөнэ төрөөбүт төрүт тылын таба өйдөөн, толкуйдаан туттар буоллаҕына, сахабыт баай-талым тыла өрүү сайда-чэчирии туруоҕа.
Кэнчээри ыччат үүнэн-сайдан тахсарын туһугар ийэ тылын умнуо суохтаах, төрдүтүн-ууһун, төрөөбүт төрүт ийэ тылын билиэхтээх-үөрэтиэхтээх, харыстыахтаах уонна үйэлэртэн-үйэҕэ салҕыы тэнитэ туруохтаах.
Мин санаабар ийэ тылбыт баарын, туттулларын тухары, саха омук үүнэ-сайда туруоҕа, кэнэҕискитин саха тыллаах уонна саха тылын үөрэтээччи элбиэҕэ. Саха тыла олус кэрэтик иһиллэр уонна баай ис хоһоонноох дууһалаах.
Ийэ тылбыт баайа, күүһэ- бу саха омук баайа, кыаҕа, инники кэскилэ буолар.
Өркөн Николаев
Биьиги сахабыт тыла олус баай, дирин историялаах, атын омук тылларыгар холоотоххо олус кэрэтик иьиллэр тыл. Тылбыт суппэтин, симэлийбэтин туьугар ,кэлэр кэнчээри ыччаппытын, сахалыы тыыннаан, утуо сиэргэ – майгыга угуйан, торообут тылбытын ыьыктыбакка инникигэ эрэллээхтик илдьэ сылдьыахтаахпыт.
Саха тылбытын уьуннук кэтээн корбут дьоннор этиилэринэн, сахалыы дьоьуннук толкуйдуур, санарар – инэрэр ыалга иитиллибит о5о утуо майгылаах сиэрдээх киьи буолан улаатар. Мин саныахпар ,торообут тылынан конуллук санара уорэммит о5о атын омук тылын тургэнник ылынар, иннигэ эрэлэ быдан тардыьыылаах буолар.
Оттон сахалыы тылы билбэт саха о5олорун кордоххо, куннээ5инэн толкуйдаах, уьуну – киэни ырыта барбат, быстах майгылаах буолар курдуктар. Онон сибээстээн, о5о кыра эрдэ5иттэн торообут тылынан иитиллэр эйгэтин кэнэтэн хайаан да ойтон суруйууну киллэрэр наада. Маннык тугэннэ о5о этэр санаатын сааьылана, тыл баайын эгэлгэтин туьана, толкуйдуур дьо5урун сайыннара уорэнэрин ситиьэллэр.
Ити курдук кыра тугэннэртэн са5алаан иитиллибит ийэ тылбыт суогэйин-сумэтин инэрэн, киьилии киьини иитэргэ олук уурарга кыьаллыа5ын. Торообут тыл уорэх, иитиитин тыла буолар аналлаах.
Торообут тыл — саха киьитин оло5ор, инники кэскилигэр тэннэ кыттар иэйиитэ, тобулаан таьаарар оркон ойо, духовнаьа, торут обугэбит удьуорун, силиьин – мутугун быстыспат ситимэ.
Саргылаах сахабыт тыла сайда уунэ туруохтун!
Эссе.
Саха тыла Амма Аччыгыйа эппитин курдук «Сир симэ5ин курдук сиэдэрэй, ?р?йэ уутун курдук ыраас», К?ндэ эппитинии « С?р??н с??гэй курдук с?рэ5и быары с?р??ргэтэр».
Мин, Аргунова Марианна Васильевна, бу сир ?рд?гэр э?инэ бэйэлээх идэ баарыттан саамай ыарахан, ол гынан баран олус наадалаах, ту?алаах, бочуоттаах идэ — учуутал идэтин талбыппыттан олус киэн туттабын. Учуутал идэтин талбыт ки?иэхэ олус уустук сорук турар. Ол эн ??рэтэр о5олору? инники дьыл5аларыгар улахан эппиэтинэ?и с?гэри? буолар. Эн о5ону ??рэтэ ыллы? да, кинини ки?и гына иитэргэ сыал-сорук туруоран ?лэлиигин. Бу о5о хайдах ки?и буолан тахсара эн ??рэтэр предмеккин т??? дири?ник билэргиттэн, ону сатаан о5олорго хайдах тиийимтиэтик биэрэргиттэн, бэйэ? хайдах ки?илии хаачыстыбалааххыттан, тулалыыр эйгэ5э, олоххо хайдах сы?ыаннааххыттан улахан тутулуктаах. Ону та?ынан, эн о5олору бэйэ? т?р?пп?т о5олору? курдук таптыахтааххын, оччо5уна эрэ о5олору кытта тапсан улэлиигин.
Хас биирдии омукка саамай к?нд?тэ, баайа – т?р??б?т т?р?т тыла буолар. Т?р??б?т т?р?т тылын билбэт диэн омук суо5ун кэриэтэ. Т?р??б?т тыл ?сс? оскуола да, кинигэ да суох эрдэ5иттэн норуоту ??рэтэн-такайан кэлбит уонна норуот баарын тухары иитэ-??рэтэ турар улуукан у?уйааччы буолар. Саха о5ото кыра эрдэ5иттэн т?р?т тылынан са?ара ??рэниэхтээх, сахалыы сиэринэн- туомунан, сахалыы тыынынан иитиллэн тахсыахтаах. Миигин кыра эрдэхпиттэн т?р?пп?ттэрим сахалыы т?р?т ?гэстэринэн ииппиттэрэ, онтон оскуола5а сылдьан мин т?р??б?т тылбын интэриэ?иргээн, умсугуйан ??рэтэр буолбутум. Y?рэнэр кэмнэрбэр, сыл аайы саха тылын олимпиадаларыгар кыттан бастыыр этим, араас курэхтэ?иилэргэ, научнай аа5ыыларга сити?иилээхтик кыттыбытым. Миигин сахам тылым кэрэтигэр угуйбута учууталым Павлов Гаврил Кириллович. Кини уруоктара на?аа интэриэ?инэйдэр, бииртэн биир сонуну, сананы арыйан и?эр этим. Онтон салгыы т?р??б?т т?р?т тылым миэхэ чуга?ын, к?нд?т?н билэммин саха салаатын факультетыгар туттарсыбытым. Аныгы сайдыылаах ?йэ о5олоро буоламмыт, хас да омук тылын ба?ылыахтаахпын диэн саха – английскай салаа5а ??рэнэ киирбитим. Умнуллубат студенческай биэс сылым чыычаах т?нн?г?нэн к?т?н аа?ырыныы, тургэнник элэстэнэн ааспыта. Студенныыр сылларбар, саха салаатын факультетын о5олоро барыга бары на?аа элэккэй, до5ордуу, к?хт??х буоларбыт. То5о диэтэххэ, би?иги бары уу сахалыы тыынынан ??рэнэр, т?р??б?т т?р?т тылбытынан к?н?лл?к са?арар – и?эрэр, санаабытын а?а5астык этэр, ыллыыр – туойар, ?нк??л??р этибит. Дьэ, манна мин билбитим т?р??б?т т?р?т тылым- мин бар5а баайым буоларын.
2010 сыллаахха учуутал идэтин ба?ылааммын, ??рэхпин бутэрэн Нам улуу?ун, Арбын нэ?илиэгэр ?лэлии барбытым. 2011с оло5ум аргы?ын к?рс?мм?н, 2 Хомустаахха кийиит буолан кэлбитим. 2012с Е.П.Сивцев аатынан 2 Хомустаах орто оскуолатыгар саха тылын уонна литературатын учууталынан к?н б?г???э диэри улэлии сылдьабын.
Билигин саха ки?итин са?арар са?атын баайа кыараан, аччаан и?эр. О5олорбут са?алара ?сс? м?лт?х, ол и?ин хайдах эрэ кинилэргэ саатар к?ннээ5и олохторугар сахалыы санаран сайынныннар диэн кылаас та?ынан аа5ыыны тэрийэбин. Y?рэтэр кылаастарбар чиэппэр аайы биирдии, иккилии кинигэни аа5алларын ирдиибин. Кинигэни аахпат о5о тыла- ???, санаата, толкуйа сайдыбат. Онон, «Кинигэ — би?иги ?т?? до5орбут буолуохтаах» — диэн этиинэн сиэттэрэн о5олор ?йд?р?н – санааларын у?угуннара сатыыбын.
Yлэм биир с?р?нэ научнай ?лэнэн дьарыктаныы буолар. 5 кылаастан са5алаан о5олору дакылаат суруйуутугар ??рэтэбин. Сыл аайы научнай – практическай конференцияларга сити?иилээхтик кыттабыт. Ол курдук икки сылы бы?а «А5а уонна о5о сы?ына» диэн дакылаатынан Ксенофонтов Алексейдыын ?лэлээтибит. Бу улэбитинэн быйыл улууска 3 миэстэ уонна регионна лауреат ?рд?к аатын ылбыппыт. Конференцияларга сылдьаммын, бэйэбэр элбэх са?аны биллим- к?рдум. Онон инникитин да5аны о5олору ылсан туран, научнай ?лэ5э дьарыктыыр санаалаахпын.
Быйылгы ??рэх дьылыгар 5 кылаастарга кылаас салайааччытын бы?ыытынан анаммытым. Ийэ сирин, т?р??б?т т?р?т тылын, дойдутун таптыыр, ытыктыыр, убаастыыр, т?р??б?т дойдутун ту?угар ыалдьар, бэриниилээх буоларга куустээхтик улэлэ?эбин. Ол аата кылгатан эттэххэ, патриот о5олору иитэн та?аарыахтаахпын. О5о т?р??б?т дойдутунан киэ? туттар буолла5ына, кини ?й?-санаата ыраас, кэрэ5э тарды?ыыта дьулуурдаах, киэн туттан кэпсиир дьо5ура сайдар, к?р??тэ – билиитэ кэ?иир, бигэ туруктаах, тирэхтээх буолар. Т?р??б?т дойдутугар исти? тапталлаах о5о бары ?тт?нэн к?м?скэллээх. Ханна да сырыттар кини элбэх дьон быы?ыттан сырдаан, ча5ылыйан к?ст?р аналланар, дьон – сэргэ би?ирэбилин, ытыктабылын ылар кыахтанар, бэйэтин баарын биллэрэр дьо?ун ки?и буола улаатар. Онон, саха ки?итин Ийэ дойдутугар таптала дьиэ кэргэниттэн, т?р??б?т-улааппыт дьиэтиттэн, тиэргэниттэн, оскуолатыттан, нэ?илиэгиттэн, улуу?уттан республика5а диэри кэ?ээн и?иэхтээх. Ол сыалтан «Ийэ Дойдуга таптал туохтан са5аланарый?» диэн темалаах кылаас чаастарын ыытабын.
Кэрэ диэн тылга би?иги туох баар сырдыгы, ыраа?ы, учугэйи к?р?б?т. Харах таптыы к?р?р? – кэрэ, кулгаах с?б?лээн истэрэ – кэрэ, с?рэх с?б?л??рэ – кэрэ. Мин бэйэм ункуу кэрэ эйгэтигэр улааппытым, иллэ? кэммэр ?нк??нэн с?б?лээн дьарыктанабын. Оскуола5а ??рэнэр кэмнэрбэр, ?нк?? кылаа?ын туйгуннук бутэрбитим, салгыы Дьокуускай куоракка студенныыр сылларбар, университет «Кундэл» народнай б?л?5?р дьарыктаммытым. Yнк??м дьарыгын бырахпакка, оскуола5а ?лэлии киирэн баран, о5олору ?нк??гэ угуйабын. О5о кэрэни кэрэхсиир, олохтон учугэйи к?рд?? иитиллибит о5о ырааска, ?ч?гэйгэ тарды?ар. Оннук уол о5о хорсун, хоодуот, к?м?скэс ?т?? санаалаах буолар, онтон кыыс о5о нарын, намчы а?ыныгыс уйан уйул5аланар. Бу о5ону иитиим иккис к?р??э буолар.
Онон, т?м?ктээн эттэххэ, мин саха тылын учуутала буоларбынан киэ? туттабын, т?р??б?т тыл – айымньылаах ?й т?рд? буолар. Ки?и ?ч?гэйдик билэр хайа ба5арар тылынан толкуйдуон с?п. Ордук д?б??н?к тулалыыр эйгэтин тылын, к?ннэтэ ту?анар тылларын туттар. Ол гынан баран, о5о ордук тэтимнээхтик, д?б??н?к сайдарыгар, айымньылаахтык, араас дэгэттээхтик толкуйдуу ??рэнэригэр ис иэйиитин толору этэр кыахтаах т?р??б?т тыла ордук к?дь??стээх. Маннык хайысханан сахабыт тыла кэхтэн-симэлийэн хаалбатын, салгыы сайдарын ту?угар ?лэлии-хамсыы сылдьабын.
Т?р??б?т т?р?т тылбыт – бар5а баайбыт буоларын умнуо суохтаахпыт.
Суруйда саха тылын уонна литературатын учуутала
Аргунова Марианна Васильевна.