Сахалыы сочинение сайын

А.Е.Кулаковскай «Ырыа-хо»оон» кинигэтиттэн «Сайын кэлиитэ» хо»ооно.

Бу хоһоону ырытан баран Дм. Дм. Саввинов
этэр «мин өйдүүрбүнэн кини иннинэ сахалыы да нууччалыы да тылынан тахсыбыт уусуран айымньыларга маннык сайыҥҥы кэмҥэ  айылҕаҕа уонна киһи ис дууһатыгар тахсар уларыйыылары-иэйиилэри
уустаан ураннаан , ча
ҕыйлхайдык,
харахха көстөн турар курдук суруйбут суох.

2. бу поэма аҥаардас уусуран айымньы курдук сыаналанара тутах. Поэманы научнай төрүттэргэ олоҕуран, уусуран форма көрүҥүнэн айылҕаны көрөөччүүөрэтээччи
храҕынан суруллубут
научнай
үлэ быһыытынан сыаналыахха сөп.

3. поэманы суруйарыгар биологическай
уонна геогрфическай наукалар араас салааларын ситэри ба
һылаабыт
үрдүк таһымнаах чинчийээччи
буолбутун көрдөрөрКөтөрсүүрэр кэлиитин
ойуулууругар, отмас үүнүүтэ хайдах сайдан барарын көрдөрөрүгэр быһа холуйан
уопсайынан суруйбат, хас биирдии көрүҥ ханнык усулуобуйаҕа сайдыахтааҕын киһи сөҕүөн курдук сөптөөхтүк, научнайдык быһааран биэрэр.

Уонна өссө «Сайын кэлиитэ« сөптөөх хос быһаарыылар
киллэриллибиттэрин кэннэ дьыл сүрүн кэмин — сайыны экологическай өттүнэн үөрэтиигэ
бэртээхэй биологоэкологическай пособие курдук туттуллуоҕун сөп» диэн
этэр. 

Дьи²нээх суруналыыс диэн кимий?

Суруналыыс – диэн кимий? Бу санаатахха, уустук да ³йд³бµл эбит. Мин оскуолабын бµтэрдэхпинэ, суруналыыс идэтигэр µ³рэнэр санаалаах сылдьабын. Ол эрэн, дьи²нээх суруналыыс диэн кимий, кини хайдах буолуохтаа±ый диэни бу ылын да этэр ыарахан эбит.

Аан бастаан хайдах са±аламмытай? Мин бэйэм сытыы-хотуу са²арбыт-и²эрбит о±о буоларым бы´ыытынан, биир сиргэ чу²куйа олорорбун с³бµлээбэппин. £сс³ 7 кылааска µ³рэнэ сырыттахпына, суруйар, айар дьо±урбун бэлиэтии к³р³н, учууталым «Дьо±ур» эдэр корреспонденнар куру´уоктарыгар сырыт диэн ы²ырбыта. Мин боруоба±а сылдьан, дьарыктанан са±алаабытым. Уонна бу эйгэни эппинэн-хааммынан с³бµлээн, кµн бµгµ²²ээ²²э дылы кэмсиммэппин.

О±отук санаабынан, суруналыыс диэни хайдах ³йдµµрбµнэн бы´аарарга холоннум.

Суруналыыс диэн, бастатан туран, мин киэн туттар ки´им, ымыы о²остор идэм буолар. Кини са²алаах-и²элээх, сытыы ³йд³³х, дьону кытта тµргэнник уопсай тылы булар, дьаныардаах чинчийээччи. Суруналыыс – бу талаан, чахчы талаан! Дьону кытта хайа да тµгэ²²э уопсай тылы булуу, сµµ´µнэн информацияны билии, ону киэ² ара²а±а табыгастаах ³ттµнэн тиэрдии, олох араас кµµппэтэх тµгэнигэр тµбэ´ии, дьон ку´а±ан санаатын тулуйуу,  наада буолла±ына, ырыа´ыт да, µ²кµµ´µт да буолуу – бу барыта биир ки´иэхэ, суруналыыс диэн идэлээх ки´иэхэ тµмµллэ сылдьар.

Кини µлэтэ уустук. Уустук гынан баран, тµмµктээх. Кµн-дьыл аа´ыа, оттон дойдубут сонуна барыта ха´ыакка µйэлэр тухары хаалыа.  

Мин оскуолам и´инэн тахсар ха¤ыакка, туох эрэ са²аны киллэрээччи, са²аны µ³рэтээчи, билээччи оруолун толоробун. Ол и´ин хас кµн ахсын бэйэм билиитин кэ²этэбин. Эдэр корреспондент буоларым бы´ыытынан кµнтэн кµн элбэ±и билэргэ дьулу´абын, сайдан и´эргэ кы´аллабын. Кµннэтэ суруналыыс буоларга кы´аллабын. Мин киэн туттар уонна холобур оҥостор суруналыыспынан Саха Республикатын бастакы идэлээх суруналыыс дьахтара, «Кыым» хаһыаты тилиннэрбит, биһиги биир дойдулаахпыт Егорова Федора Петровна буолар.

Дьи²нээх суруналыыс – хорсун ки´и. ¥³рµµлээх эрэ сонуннарынан му²урдаммакка, ыксалаах, ку´а±ан бы´ылааннары сырдатар эмиэ µлэлээх. Онуоха барытыгар кини бэлэм буолуохтаах.

Суруналыыс – уус киһи. Чахчы дьи²нээх суруналыыс ки´и дьон оло±ор сабыдыаллыа с³п. Кини дьо²²о с³пк³ бэйэтин санаатын тиэрдэр.

Дьон туохтан µ³рэрин-хомойорун, интэриэ´ин этинэн-хаанынан билэр буолуохтаах. ¥³рэхтээхтэр и´ин, µчµгэй былыргыга историктар кы´аллаллар, µчµгэй били²²игэ – бэлиитиктэр, онтон инникигэ – суруналыыстар.

Онон, тµмµктээн эттэхпинэ, дьи²нээх суруналыыс диэн кытаанах санааны, куруук барыга бары к³хт³³х буолары, ха´ан да санаатын тµ´эрбэт, тадааннаах ки´и.

Мин бу эйгэ±э кыратык да сыстан, µгµс дьону кытта билсэбин, республикабыт ха´ыаттарын, телевидениятын суруналыыстарын кытта алты´ан, олохпор элбэ±и и²эринним.

Романова Люда, 9 кыл

«Дьо±ур» эдкорпост.

Кэбээйи

Саха тылын сарсыҥҥыта

Кыттыыны ылар:

Кэбээйи улууһун Е.Е.Эверстов аатынан

 Кэбээйи орто оскуолатын «Дьоҕур»

 эдкорпост корреспонденнара

Салайааччы: Павлова М.Е.

Олунньу 13 кµнэ «Саха тылын уонна суругун» кµнµнэн биллэр. Бу кµн суругу-бичиги олохтообут учуонай Семен Новгородов аатын сµгэр. Бу кµн би´иги Сахабыт Сиригэр сыл аайы бэлиэтэнэр. 15 сыл аннараа ³ттµгэр Саха республика бастакы президенин Михаил Ефимович Николаев уураа±ынан олохтоммута. Оскуолаларга Саха суруйааччыларын, поэттарын кытта к³рсµ´µµлэр буолаллар, араас конкурстар, быыстапкалар тэриллэллэр. Республика µрдµнэн Саха тылыгар аннаммыт уру´уйдар быыстапкалара тэрилиннилэр. О±олор Сахабыт сирин т³рµт тылын умсугуйан туран µ³рэтэллэр.

Ол курдук би´иги оскуолабытыгар эмиэ сылын аайы саха тылыгар анаммыт уруоктар, кылаас чаастара, викториналар, уус-уран аа±ыы кµрэхтэрэ, радионнан биэриилэр тэриллэн ыытыллаллар. Онон биһиги оскуолаҕа төрөөбүт тылбыт суолтата хаһан да сүппэт.

О±олоор, т³р³³бµт тылыгытын харыстаа² уонна µ³рэти²!

Максимова Даща 6 кылаас

Хас биирдии ки´и ийэ куттаах, ол и´ин ийэ тыллаах. Онон ийэ тылынан са²арыы удьуор т³рдµн туттууну диэн µ³рэтэбит. Кырдьык, т³р³³бµт тылым — бу ийэм биэрбит тыла. Т³р³³бµт тылын билбэт ки´и, толкуйдуур дьо±урун сµтэрэр, т³р³³бµт тыл ки´иэхэ ³йµгэр — санаатыгар, майгытыгар-сигилитигэр дьайар кµµ´э улахан. Ки´и бастаан бэйэтин тылын учугэйдик билиэхтээх, ол тылын атын тылы µ³рэтэригэр тирэх буолар. Т³р³³бµт тылбынан сатаан са²арар, толкуйдуур, истээччи бол±омтотун тардар курдук кэрэхсэбиллээхтик кэпсиир буоллаххына, ха´ан ба±арар µчµгэйдик µ³рэниэм, талан ылбыт идэбинэн сити´иилээхтик бµтэриэм, элбэх до±оттордоох буолуом дии саныыбын. Т³р³³бµт тылын билбэт ки´и саха суруйааччыларын айымньыларын аа±ан ³йд³³б³т. Ол и´ин кинигэни аахпат буолар. Оччотугар норуот муудара´ын, дохуобунай баайын, оло±ун историятын билбэт. Онон т³´³ кыалларынан т³р³³бут т³рµт тылбытынан кини сайдар сарсыҥҥытын туһугар ыраастык са²арыа±ы², кичэйэн µ³рэтэн харыстыа±ы²!    

                                                                   Павлова Алина, 9 кылаас

Би´иги т³р³³бµт дойдубут  — Саха сирэ. Т³р³³бµт тылбыт сахалыы. Дьиэбитигэр, оскуола±а сахалыы тылынан кэпсэтэбит. Хас биирдии омук т³р³³бµт тылын таптыахтаах, харыстыахтаах. О±олору кыра эрдэхтэриттэн т³р³³бµт тылларыгар µ³рэтиэхтээхтэр. Оччо±о биирдэ Саха омуга т³р³³бµт тылын сµтэрбэт.

 Би´иэхэ оскуола±а саха тылын уонна литературатын уруогун та´ынан КНРС(Я) (Культура Народов Республики Саха якутия) диэн предмети µ³рэтэллэр. Ол предмет би´иэхэ сахалыы сиэри — туому хайдах туту´арга µ³рэтэр, т³р³³бµт айыл±абытын харыстыырга, кэрэ±э, сырдыкка тарды´арга. Ону та´ынан Саха сиригэр олорор атын кыра ахсааннаах омуктар олохторун дьа´ахтарын ту´унан эмиэ µ³рэтэбит.

Маны та´ынан, о±о тылын-³´µн, уус-ураннык суруйар дьо±урун сайыннарар «Дьо±ур» эдкорпост, «Нуклеус» научнай тµмсµµ, «Тэгэлик» куру´уок µлэлиир.

Мин ба±а санам диэн, би´иги ийэ тылбыт ха´ан да сµппэтин, т³р³³бµт тылбытын харыстыа±ы² уонна ³р³ тутуо±у²!

                                                                   Винокурова Таня, 6 кылаас

                                                                   Т³р³³бµт т³рµт тылым

                                                                   Бу тыынар салгыным курдук,

                                                                   Иитиллибит ийэ тылым

                                                                   Бу и´эр ута±ым курдук.

                                                                                            В.Власов.

  Саха тыла — мин т³р³³бµт тылым. Т³рө³бµт тылын билэр ки´и атын тылы µчµгэйдик уонна судургутук ылынар.

   Хас бирдии норуот бэйэтэ тыллаах — ³ст³³х, дьи² баай култууралаах, былыргы историялаах.

  Мин омугум — саха. Сха омук т³рµт тыла — саха тыла. Бу тыл тюрскай тылларга киирэр. Саха тыла олус баай, дири² ис хо´оонноох.

  Аан бастаан сахалыы алпаабыты т³рµттээбит ки´и буолар саха биллиилээх деятэлэ Семён Андреевич Новгородов. Кини бу би´иги алпаабаппытын т³рµттээбит буолан, би´иги сахалыы аа±абыт, суруйабыт, кэпсэтэбит.

  Би´иэхэ кылааспытыгар саха тылын уруога нэдиэлэ±э иккитэ эрэ буолар. Мин санаабар бу а±ыйах. Бэйэбит т³р³³бµт тылбытын элбэхтэ µ³рэтиэхтээхпит, билиэхтээхпит.

  Тыл- ки´и айбыт биир эриэккэс к³стµµтэ. Сахабыт тыла баай, кэрэ, хомо±ой, ол и´ин бар±ара тупса турар, сайдар- µµнэр кэскиллээх. Тылы имитэ- хомута тутар эрэ ки´и кини сµмэтин µчµгэйдик ³йдµµр.

  Онон мин санаабар саха ки´итэ т³р³³бµт тылын µ³рэтиэхтээх, билиэхтээх, сайыннарыахтаах.

                                                                    Эверстов Алёша, 7 кылаас.

Саха тыла — мин т³р³³бµт тылым, оло±ум тыла, саргылаах сахам са²ата буолар. Саха тылыгар норуоппут оло±о сурулла сылдьар. ¥³рэхтээхтэр этэллэринэн, тыл диэн дьол, эрэл, доруобуйа, сиэр-майгы эбит. Тыл дьадайыыта- норуот дьадайыыта. Тыл тиллиитэ- норуот тиллиитэ буолуо±а.

 Мин сахам тылын с³бµлµµбµн уонна кининэн киэн туттабын. Мин атын омуктар курдук нууччалыы, кытайдыы, английскайдыы са²арбаппын. Саха сиригэр т³р³³бµппµн кэмсиммэппин. Ойуурга µµнэр мастар, µµнээйилэр, сир астара, кµ³ллэрэ, эбэлэрэ, кыыллара-к³т³рд³р³, сыта-сымара бу барыта мин т³р³³бµт дойдубар Сахам сиригэр эрэ баар.

Сметанина Саина, 6 кылаас

Саха тыла — бу би´иги киэн туттар тылбыт буолар. Саха тыла — биьиги национальнай тылбыт буолар.

Мин сахабын, сахалыы санарабын. Ийэлээх а±ам, чугас дьонум бары бу ийэ тылбытынан кэпсэтэбит, са²арабыт.

Мин санаабар, били²²и бириэмэ±э сахабыт тыла сµтэн, мэлийэн эрэр диэххэ с³п. Сахабыт тыла кэхтибэтин, сµппэтин ту´угар, би´иги улахан дьон буолан, ийэ-а±а дэттэхпитинэ, о±олорбутун кыра эрдэхтэриттэн сахалыы са²аран µ³рэтиэххэ наада. Республикабыт оскуолаларын аайы саха тылын уруогун киллэрэллэригэр, µ³рэтэллэригэр дьулу´уохха наада. То±о диэтэр, саха норуотун ахсаана кµнтэн кµн а±ыйыы туруон с³п. Оннук тµгэн буолбатаны ту´угар элбэхтик µ³рэтиэххэ.

Мин сахам тылын таптыыбын! Сахам тылынан киэн туттабын!

Марианна Кобякова, 9 кылаас

«Оскуола олоҕун аргыһа»

хаһыат республикатааҕы күрэҕин олус астынным!

Бу тэрээһин муус устар 4 күнүгэр Кэбээйи улууһун Мастаах нэһилиэгэр буолан ааста. Биһиги оскуолаттан икки эдкорпост, «Дьо5ур» (сал. Павлова М.Е) уонна «Нуклеус» (сал. Заровняева В.Н.), бу республикатаа5ы күрэххэ кытынныбыт.

Биэс аҥаар чаас устата айаннаан, Мастаах ыалдьытымсах сиригэр-уотугар тиийдибит. Билэр ыалбытыгар хонон-өрөөн баран, аныгыс күн сарсыардатыттан үлэбит-хамнаспыт саҕаланна. Мастаах сабыс-саҥа таас оскуолата бөһүөлэк килбэйэр киинин киэргэтэр эбит. Сып-сырдык, ып-ыраас, киэҥ кылаастар, сабыс-саҥа үөрэх тэриллэрэ. Оҕолор оскуолаларын харыстыыллара тута харахха быраҕыллар.

Саха Репсубликатын бастакы идэлээх суруналыыс дьахтара, «Кыым» хаһыаты тилиннэрбит, Мастаах олохтооҕо Егорова Федора Петровна 80 сааһыгар анаммыт научнай-практичексай конференция аһыллыыта олус үөрүүлээхтик ааста.

Бу конференция иһинэн «Оскуола олоҕун аргыһа» диэн оскуола иһинэн тахсар хаһыат күрэҕэ саҕаланна. Дьокуускай  куораттан биһиги күөх экраҥҥа көрөр, хаһыакка эрэ ааҕар суруналыыстарбыт дьүүллүүр сүбэҕэ баалларыттан астына да, салла да санаабытым. Ол курдук, «Кыым» хаһыаттан Альберт Капрынов, Петр Петров, «Бэлэм буолтан» Мария Данилова о.д.а. бааллара. Оскуола хаһыаттарын көмүскүү Кэбээйи, Куокуй, Мастаах, Мукучу, Баҕадьа оскуолаларыттан уопсайа 11 хамаанда кэлбиттэрэ. Күрэхтэһии олус кэрэхсэбиллээхтик ааста. Кыттыбыт оскуолалар бары анал номинацияларынан бэлиэтэннилэр.

Хаһыат үлэһиттэрэ мустубут эдэр корреспонденнары, конференция кыттыылаахтарын, учууталлары уонна көннөнрү ааҕааччылар элбэххэ үөрэттилэр, хаһыат тула санаа атастастылар.

Мин ордук сэргээбитим диэн Мастаах олохтоохторо, оҕолоро Федора Петровна Егорованы билиҥҥэ диэри ахталларын, убаастыылларын. Кини «Кыым» хаһыаты ыарахан кэмнэргэ быыһаабыт үтүөтүн хаһан да умнубаттар эбит. Киниэхэ анаан кинигэ презентацията буолбутун манна эмиэ бэлиэтиэххэ наада.

Эбиэт кэннэ Федора Петровна олоҕун уонна айар үлэтин сырдатар научнай-практичексай конференцич 3 сүһүөҕүнэн бэрт дириҥ ис хоһоонноохтук буолла. Саамай элбэх чинчийээччи, биллэн турар, Мастаах орто оскуолатыттан кытынна.

Маны таһынан бары суруналыыстары кытта атах тэпсэн олорон, суруналыыс идэтигэр үөрэннибит. Суруналыыс идэтэ олус ыарахан, ол эрэн интэриэһинэй эбит.

Кэмпириэнсийэ түмүктүүр чааһыгар Мастаах талааннаах ыччатын, олохтоохторун эҕэрдэ кэнсиэрдэрин көрөн дуоһуйа сынньанныбыт.

Саамай сүрүн сонуммун түмүккэ анаан-минээн хаалларбыппын кэпсиибин. Биһиги оскуолабыт «Дьоҕур» эдэр корреспонденнарын түмсүүтэ бу күрэххэ «ОСКУОЛА БАСТЫҤ ХАҺЫАТА» диэн үрдүк ааты ыламмыт үөрүүбүт муҥура суох!

Күн бүтүүтэ кыайыы-хотуу көтөллөнөн, Кэбээйибитигэр айаннаабыппыт.

Вася Стручков, 5 кыл

«Дьо5ур» эдкорпост. Кэбээйи.

Биһиги  5 «а» кылааспыт олус интэриэһинэй олохтоох коллектив буолабыт. Араас тэрээһинэргэ кыттан мэлдьи миэстэлэһэбит, оскуолаҕа, нэһиэлиэккэ буолар тэрээһиннэргэ бары көхтөөхтүк кыттабыт.

Биһиги кылааспыт чаастара олус кэрэхсэбиллээхтик ааһаллар. Кылааспыт салайааччыта Мария Егоровна Павлова кылаас чааһын, мунньахтары бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаспат баай ис хоһоонноох, араас темалаах гына бэлэмнээн ыытарын бары олус сөбүлүүбүт.

Кылаас чааһыгар араас слайдалары көрөбүт, кэрэ-бэлиэ дааталары бэлиэтиибит, кэрэхсэбиллээх дьону кытта көрсөбүт, элбэҕи билэбит-көрөбүт. Биһиги кылаас Кэбээйитээҕи кыраайы үөрэтэр музейы, Г.Г. Кобяков аатынан библиотеканы кытта мэлдьи утумнаахтык үлэлиибит, араас өйдөбүнньүк сирдэргэ экскурсиялыыбыт.

Бу үгэспитин тутуһан соторутааҕыта Г.Кобяков аатынан библиотекаҕа олус интэриһинэй кылаас чааһын ыыттыбыт. Улуустааҕы «Дабаан» хаһыаппыт 70 сылыгар түбэһиннэрэн, библиотека үлэһиттэрэ хаһыат сайдын кэлбит историятын, Кэбээйиттэн көхтөөх корреспонденнар тустарынан умсугутуулаахтык кэпсээтилэр.

Чуолаан, Григорий Григорьевич Кобяков олоҕун, айар үлэтин тула истиҥник кпсэтии таҕыста. Григорий Кобяков биһиги Кэбээйибит чаҕылхай талааннаах поэта, дойдубут айылҕатын, үлэһит дьонун нарын-намчы тылынан хомоҕойдук хоһуйбут хоһоонньута буолар. Мин кини хоһооннорун кыра эрдэхпиттэн ааҕааччыбын. Кини дьиэ кэргэнэ тэрийбин хоһоон күрэҕэр кыттыбытым, эдьиийим Моника кыайыылаахтартан биирдэсэтэрэ буолан, анала бирииһинэн наҕараадаламмыта.

Бу кылааспыт чааһыгар бибилиотека үлэһиттэрэ чулуу поэт олоҕун, айымньытын туһунан кэпсэтилэр. Кэрэхсэбиллээх ыалдьыппыт — Г.Кобяков быраата Иосиф Григорьевич Кобяков. Кини убайын олоҕун, айар үлэтин туһунан дириҥ ис хоһоонноох иһитиннэрии оҥордо. Биһиги билбппитин биллибит, элбэххэ үөрэннибит. Холобур, Г.Кобяков талааннаах физик, математик, дэгиттэр талааннаах киһи, биллиилээх поэт эрэ буолбакка, кини өссө спортсмен, сүүрүк, ыстаҥаһыт, тустуук, гимнаст, хайыһардьыт эбит. Иосиф Кобяков бэйэтэ эмиэ олус өйдөөх, үөрэх-билии өттүгэр улахан дьоҕурдаах, физик, математик, айылҕаттан олус талааннаах поэт быһыытынан биһиги улууспутугар биллэр киһи. Оскуолаҕа үөрэммит сылларыгар түөрт бырааттыы Кобяковтар оскуола бастыҥ үөрэнээччилэрэ этэ диэн дьонум билиҥҥээҥҥэ диэри кэпсээннэрин истэбин.  Тэрээһиҥҥэ кылаас оҕото барыта хоһоон аахта.

Түмүгэр ыалдьыппытыгар, библиотека үлэһиттэригэр дьоһун тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыттарыгар ис сүрэхпиттэн махтанабыт.

Вася Стручков, 6 кылаас

«Дьоҕур» эдкорпост. Кэбээйи

Тимофеев Стефан

Үрүйэ

Утаппыт көтөр-сүүрэр

Уйгулаах уугуттан

Уулаан-ыймахтаан

Уоскуйан ааһаллар.

Максимов Гриша

Кыһыҥҥы күн

таптыыбын Сахам сирин

Кыһыҥҥы тыйыс күнүн,

Чараҥ кырыа симэҕин,

Дуйдуур көмүс күлүмүн.

Протопопов Игнат

Маҥнайгы хаар

Ып-ыраас,

Сып-сырдык

Көбүөрүнньүк хаар

Күн уотугар

Күлүмүрдээн көһүннэ.

Находкин Женя

Кыһыҥҥы күн

Манна баар бары маҥан

Маҥан кырса, кырынаас,

Маҥаҥҥа маҥанынан

Маҥан хабдьы суруйар.

Степанова Айта

Кыһыҥҥы күн

таптыыбын Сахам сирин

Кыһыҥҥы тыйыс күнүн,

Чараҥ кырыа симэҕин,

Дуйдуур көмүс күлүмүн.

Из благодатной воды ручья

Утоляя жажду свою,

от долгой дороги унося

Отдыхают перелетные птицы

Люблю я суровые морозы

Необьятной моей земли,

Инея белой рощи зимы,

Рощи озолоченный блеск .

Светлые и чистые снежинки

От солнца засверкали,

Коврое снежное одеало

Словно серебро заблестели

Здесь вокруг белым бело

Белый песец и горностай,

Белым мелом на снегу

Пишет белая куропатка.

Люблю свою родную землю

Ее суровые зимние дни,

Покрытые снегом леса

Ее пленящие золотые тени.

«СОЛНЫШКО» cайыҥҥы үөрэх лааҕыра

Е.Е. Эверстов аатынан Кэбээйи орто оскуолата сүрүн үөрэҕи таһынан сайыҥҥы сынньал кэмигэр араас хайысханан лааҕырдары тэрийэн үлэлэтэр. Ол курдук, үөрэх лааҕырдарыттан биирдэстэринэн «Солнышко» лаа5ыр быйыл эмиэ 7-8 кылаас үөрэнээччилэрин муста. Бу лааҕыр уратыта диэн үс омук тылын, английскай, нуучча уонна төрөөбүт тылын, дириҥэтэн үөрэтии буолар. Лааҕыр сүрүн сыалынан ОГЭ курдук тургутук экзамен сорудахтарынан билиини дириҥэтии, төрөөбүт тылынан уус-ураннык саҥара үөрэнии, айар дьоҕуру сайыннарыы буолар. Салайааччыларынан омук тылын учуутала Колесова В.А., нуучча тылын учуутала Обутова М.В., саха тылын учуутала Павлова М.Е. үлэлээтилэр.

   Мантан аллараа лааҕыр кэмигэр үөрэнээччилэр айар үлэлэриттэн сороҕун ыытабыт.

Арай мин баһылык эбитим буоллар…

 Арай мин  баһылык эбитим буоллар, төрөөбүт нэһилиэгим тас көстүүтүн тупсарараары,  саҥа тпусаҕай көстүүлээх дьиэлэри туттарыам этэ. Тоҕо диэтэргит, ханнык баҕар кэлии киһи аан бастаан хараҕа дьиэҕэ-уокка быраҕыллар, онтон нэһилиэк хайдах дьаһанан олороро сыаналанар.

Ону тэҥэ, кэлэр-барар суолбутун көннөттөрүөм, алдьанан эрэр хаарбах дьиэлэри оҥотторуом этэ.

Хас улуус аайы оҕо оонньуур площадкалара оҥоһуллаллар. Биһиэхэ эмиэ кыра оҕолорго са²а оонньуур площадка аһыахпын баҕарабын. Оччоҕо оҕолор таах уулуссаҕа сылдьыбакка, манна үөрэ-көтө бириэмэлэрин атаарыахтара этэ.

Арай мин баһылык буолар күннээх буоллахпына, нэһилиэкпэр саҥа  гостиница, үчүгэй сиибээс, wi-fi киллэттэриэм. Оччоҕо сайдыы барыа.

Кырдьаҕастарга сынньаналларыгар дьиэ туттарыхпын баҕарабын. Бииргэ түмсэн сэһэргэһэр, хаһыат, сурунаал ааҕар, уопсайынан көрсүһэр сир баарар буоллар.

Ити курдук мин нэһилиэгим үүнүөн-сайдыан баҕарабын.

Петя Сметанин, 7 кыл

Дьиҥнээх саха кыыһа хайдах буолуохтааҕый?

Үөрэхтээхтэр бэлиэтииллэринэн, урут  уол оҕо кыыска сыһыана атын хайысханан барара. Кыыс оҕо-айылҕа маанылаах далбара. Кини нарын намчы, көрсүө сэмэй, ураты уйан, ыраас, аһыныгас сүрэхтээх. Кыыска сыһыан сырдык уонна ыраас өйдөбүллээҕэ. Бу бастакы тирэҕинэн ыал иллээх – эйэлээх олоҕо, оҕону таптааһын, ийэҕэ, аҕаҕа ытыктабыллаах сыьыан буолаллара. Чугас дьоно, аймахтара кыыс оҕоҕо ураты эйгэни тэрийэллэрэ: ыараханы көтөхтөрбөттөрө, сүктэрбэттэрэ, кыыс танаьа- саба ыраас буолуохтааҕа. Кыыс бэйэтэ балыстарын, инилэрин харайсара, оҕолуура, дьиэ бары үлэлэрин сатыыра.

Бу утуму тутуһан кыыстан маннык быраабыланы ирдииллэр:

— кыыс чэбэрдик туттуохтаах;

— таҥаһын харыстыахтаах;

-чэпчэкитик үктэниэхтээх; тыастаахтык хаамыа суохтаах;

— баттаҕын ыьыа суохтаах;

— дьон ортотугар улаханнык саҥара, хаһытыы сылдьыа суохтаах;

— хоһо мэлдьи хомуллаҕас буолуохтаах;

— улахан дьону кытта этиһиэ суохтаах;

— көнөтук тутта сылдьыахтаах;

— ыраастык аһыахтаах;

— дьиэҕэ хаһаайка эбээһинэһин толоруохтаах.

Болҕомто кыыс ис туругар, мааны майгытыгар туһаайыллыахтаах.

Ийэ уонна кыыс биир тыыннаахтар, уран айылҕалаахтар.

Мин ийэбинээн мэлдьи биир санаалаахпыт, бэйэбит эрэ аһаҕастык кэпсэтэр кистэлэҥнээхпит. Ийэм дьиэ иһинээҕи улэҕэ-хамнаска сыһыаран, тугу да мээнэ көрөн олорбот гына иитэр. Бу ситим хаһан да быстыбатар.

Биһиги ыалга үс кыыс улаатан эрэбит. Ийэбит-аҕабыт аһыныгас, амарах сүрэхтээх, аламаҕай, ыалдьытымсах буоларга мэлдьи үөрэтэллэр – такайаллар. Кыыс – киргэ – хахха биһиллибэт, куһаҕанна сыстыбат, мөкүнүсанаан да көрбөт диэн уһуйаллар. Кыыс оҕо киэҥ көҕустээх, тулуурдаах, дьулуурдаах, туттунумтуо буоллаҕына олоххо бигэ эрэллээх, кытаанах санаалаах, бигэ – таҕа буола улаатарын  субэлииллэр.

Эт-хаан өттүнэн сайдарга Кэрэ эйгэ оскуола үҥкүү кылааһыгар кыргыттар үһүөн үөрэнэбит. Хас куһун аайы бары быраастарга көрдөрөн түмүгүн билсэн, кэмигэр эмтэтэллэрэ суолталанар.

 Араас куруһуоктарга уһуйуллан бары иистэнэбит, баайабыт, быысабайдыыбыт, оҕуруо тиһэбит, уруһуйдуубут.

 Аҕабыт уолаттарын кытары ийэбэр, кыргыттарга харыстабыллаахтык сыһыаннаһаллар. Аҕам айылҕаҕа элбэхтик илдьэ сылдьар. «Биһиги, сахалар, бары айылҕалыын ситимнээхпит» — диэн аҕам тоһоҕолоон этэр. Аҕам элбэхтик ааҕар буолан, наһаа интэриэһинэй үһүйээннэри, номохтору кэпсиир.

Кыыс оҕону иитиигэ дьиэ – кэргэн бары биир санаанан салайтаран, оҕону таптаан, болҕомто уран иитэр арылхайдык көстөр диэн санааҕа кэллим. 

Айыына Харлампьева, 8 кыл

Сотовай телефон туһата уонна буортута

Кэлинни кэмнэ сотовай телефон олус сайынна, тэнийдэ. Билигин хас биирдии киhи бэйэтигэр телефоннаах.  Арааhа да элбэҕэ киһини сөхтөрөр. Аан дойду хас биирдии куоратыгар, беhуелэгэр уонна сэлиэнньэтигэр сотовай сибээс уонна Интернет киирэн турар. Ханна да буол, кырдьаҕастыын, эдэрдиин бары телефоннаахтар.

  Сотовай телефон туhалаа5а уонна буортулаа5а биллэр.

          Туhата: 

· ыксал тугэннэргэ дьонно эрийэ5ин;

· билэр дьоннун кытта кэпсэтэ5ин, билсэ5ин;

· Аан дойдуга туох буола турарын Интернетинэн киирэн кере5ун, аа5а5ын;

· хаартыска5а туhэ5ин;

· санаан тустэ5инэ оонньуугун;

· Интернеккэ тугу ба5арбыккын керуеххун-билиэххин, аа5ыаххын сеп.

Аныгы уйэ5э сотовай телефонна олус элбэх программалар бааллар, ол курдук Opera, WhatsApp Messenger, Play Маркет, ВКонтакте, You Tube, E-mail – бу барыта Интернет эрэ кеметунэн туттуллар программалар.  Бу программалар кемелерунэн дьоннор суруйсаллар, билсэллэр, уорэхтэригэр, улэлэригэр куус-комо оностоллор. Биллэн туран, бу аныгы сайдыы улэ тэтимин тургэтэтэргэ комото улахан.

 Киhи сотовай телефонна олус элбэх бириэмэни туhата, наадата суохтук атаарар.

        Буортута: 

· кэпсэтэргэ; Интернеттииргэ олус элбэх харчы баранар;

· бириэмэни туhата суохтук атаарыы;

· киhи кулгаа5ын улитката ыалдьар;

· сорох телефон оноhуута кэбирэх буолуон сеп, онтон сылтаан киhи харчытын абарар, о.д.а.

 Онон мин маннык тумуккэ кэллим. Сотовай телефон хас биирдии киhиэхэ наадалаах, ыксал кэмнэ кимиэхэ эмит эрийэн билсэ5ин. Телефон буортуулаах буолуон сеп, киhи хара5а сылайар, кулгаа5а ыалдьар, интернеттэн куьаҕан информацияны билэҕин.

 Онон ер туттубакка, тургэнник наадалаа5ы эрэ  кэпсэтиэххэ наада. Оҕолоор, доруобуйа5ытын харыстаан!

Эверстов Алёша, 7 кыл

Самаан сайын кэрэтэ

    Саамай куутуулээх дьыл кэмэ сайын буолар. Улаханныын—кыралыын бары уорууннэн корсобут . Биьиги самаан сайын кэлбитин кэ5э этэринэн, от-мас ко5ороруттэн билэбит.

   Сайын дьонно барыларыгар уорууну-котууну, тапталы эрэ а5алар, бэлэхтиир.

Сайын устудьуон аймах ,Дьокуускай куоракка улэлиир,  аймахтарыгар, дэриэбинэлэригэр сынньана кэлэллэр. Сорохтор араас омук сирдэрин кэрийэллэр.

Оттон биьиги дьиэ кэргэн сайын аайы балыктыыбыт, куогулуубут, урэххэ-куолгэ сотуолуубут.

  Сыһыыга-хонууларга араас сиэдэрэй сибэкки уунэн, киьи хараҕын уордэр. О5олор тороппуттэрин,аймахтарын кытта айыл5а5а киирэн сынньаналлар. Суоьулээх дьон сайынын наар оттуу киирэллэр, куьунну астарын  булуналлар.

Сайын—айыл5а саамай дьикти дьыла буолар. Биьиги ойуурбутугар дьэдьэн,сугун, хаптаҕас, сир аьын онтон да арааьа уунэр.

Кыргыттар ийэлэрбитин кытары сир асстыы,тэллэйдии тахсабыт. Ол эмиэ биир туспа умсугутуулаах дьарык. Мин бу сана самаан сайын ууммутунэн олус уордум. Уонна олус туьалаахтык атаарыам дии саныыбын.

Бары самаан сайыннытын умнуллубаттык уонна туьалаахтык атаараргытыгар ба5арабын:))))

Марита Кобякова, 7 кыл

Биэс саастаах эрдэхпинэ дьонум миэхэ кырачаан ыт оҕотун бэлэхтээбиттэрэ. Аан бастаан бэйэм да кыра буоламмын, куттанар этим, онтон үөрэнэн барбытым. Онтон улум бэйэ-бэйэбитигэр үөрэнэн, ыкса доҕордуу буолбуппут. Наар бииргэ сылдьар буолбуппут, ытым мин таспыттан отой эйбэт этэ. Оннооҕор табаарыстарбар кытта тыыттарбат этэ, тута ырдьыгынаан көмүскэһэһ турааччы. Ыппыт олус сөбүлүүр этим.

Биирдэ дьиэм таһыгар биир итирик киһи миигин саҕабыттан тутан баран турда. Мин уолуйан баран турдум, ыппын ыҥыран хаһыытаатым. Ытым барахсан саҥабын истээт, сүүрэн кэлэн, ол киһи атаҕар түһэн, миигин быыһаан турардаах.

Өссө доҕорум миигин детсаппар диэри атаарааччы уонна киэһэ кэлэрбэр эмиэ көрсөн бииргэ дьиэлээччибит.

Ити ытым аата—Доҕор диэн. Доҕор—мин дьиҥнээх доҕорум! 

Сергей Семенов, 7 кыл

Сайын, түптэ, сайылык…

Уруут-урут, тоҥмут сир ирэрин саҕана, күрээбит күн эргиллэрин саҕана, биир ыалга тоҕус уһун ый уу-чуумпутук ийэтин иһигэр иһийэн сытан баран ураты кыыс оҕо төрөөн аарыма алааһы биир гына ытаан бэбээрбит.

Оҕо төрөөбүтүгэр таһынааҕы тыалартан, ойоҕостуу ойуурдартан, чугастыы чараҥнартан халлааны хаххалыыр халыҥ көтөр бииһин ууһа кэлэн ким да хаһан да истибэтэх дьикти доҕоонун, ырыатын-тойугун түһэрбит. Ол кэннэ тыһыынчанан көтөр кынатын тыаһа тус хоту киирэн түһэ турбут. Арай, дьиэ аттынааҕы иринньэх титириккэ үүт маҥан үрүмэ кынаттаах, уот кыһыл күүгэн көҕүллээх кырачаан чыычаах хаалан хаалбыт…

Күн-дьыл күлүмүрдээн ааһан испит, кыыс оҕо улаатан атаҕар турбут. Оҕо барахсан, сүһүөҕэр сүүрээт, өрүү ойуур, тыа диэки талаһара. Кыып-кыра эрдэҕиттэн оту-маһы сэҥээрэн, күҥҥэ-ыйга талаһан, устар былыты батыһан тахсар эбит. Ол тухары кинини от-мас, талах быыһынан үрүҥ чыычааҕа батыһа сылдьара. Тоҕус сааһын томточчу туолар күнүгэр арыалдьыт чыычаах кыыс көрөн турдаҕына көстүбэт көй үөһээ халлааҥҥа көтөн тахсыбыт. Киһи хараҕа саатар сырдык халлааныттан кыыс кулгааҕар кинини алҕыыр көрүөхтэн кэрэ ырыа кутуллубут. Ол кэннэ кыыс ытыһыгар үрүмэ үрүҥ куорсун кэлэн түспүт. Бу куорсун кыыска аптаах чыычаахтан бэлэҕэ, үөһээттэн бэриллибит анала, ырыаһыт буолар дьылҕата этэ…

Саха өрөмпүүбүлүкэтин үтүөлээх артыысһа АНАСТАСИЯ ГОТОВЦЕВА кэнсиэрэ итинник остуоруйанан саҕаланна. Тобус-толору саала анаан-минээн оҥоһуллубут остуоруйаны сыанаҕа турар улахан экраҥҥа -у чуумпутук иһийэн олорон көрдө. Оттон экраҥҥа Анастасия аата тахсаатын кытта сыана уоттара чаҕылыс гына түстүлэр, ону кытта тэҥҥэ үөһээттэн айдарыылаах норуот тапталлаах ырыаһыта илэ бэйэтинэн оҕо сааһын остуоруйатыттан тахсан кэлбиттии илиитин өрө ууммутунан, мичилийбитинэн, үрдүк сыана ортотугар баар буола түспүтэ…

Анастасия ырыалара самаан сайыны, түптэ унаар буруотун, күөх солко чараҥы, сайылыгы санатар курдук уу сахалыы, намыын ырыалар. Онно кини күүстээх, үөһээ көтүтэр куолаһа сүрдээх үчүгэйдик дьүөрэлэһэн, чахчы даҕаны хараххар күөххэ сууламмыт алаастары, муннугар охсуллубут от сытын, иэдэскэр сылаас сайыҥҥы тыалы илгитэр курдуктар.

Быйыл ырыаһыт ахсыс айар киэһээтигэр уратыта диэн тыыннаах музыка доҕуһуоллаах таҕыста. Эдэр, саҥа биллэн эрэр, ол эрэн бэйэтэ туспа, сахалыы суоллаах “Байҕал» этно рок бөлөх Анастасия ырыаларын өссө ситэрэн хоторон биэрбитэ олус сонуннук уонна уратытык көһүннэ. Сорох ырыаларыгар биллэр акустик гитарист Герасим Павлов, монгол музыкана Балдорж Хуухэ , виолончелист Саргылана Степанова оонньостулар.

Анастасия Готовцева быйылгы түһүлгэтэ аныгы кэнсиэрдэртэн уһулуччу атын тыыннаах, сахалыы салгыннаах, үрдүк таһымнаахтык ааста. Улахан хараҕы баайыыта, шоута, үҥкүүтэ-битиитэ, чаҕылхай көстүүмнэрэ да суох буоллар, бу маннык аҥаардас сыгынньах талаан, көмүс куолас бэйэтинэн да үчүгэйин кэрэһилээтэ. Хас ырыа кэнниттэн хабыллар ытыс тыаһа, көтөх муҥунан сибэкки – көрөөччү чахчы даҕаны күннээҕи түбүгүн умнан туран астынан, дуоһуйан барбытын көрдөрдүлэр.

Кэнсиэр үөһээттэн айдарыы суолтатын, ырыаһыт дьылҕата уратытын, хомойуу хоргутуу сүгэһэрин, үөрүү, дьол күлүмүн, таптал аптаах күүһүн ырыа нөҥүө дьэҥкэтик көрдөрдө.

PS: Анастасия Готовцева “Дорҕоон дойду” түһүлгэҕэ махтанар. Кини тыыннаах доҕуһуоллаах кэнсиэри оҥороругар “Дорҕоон дойду” түһэ Герасим Павлов, бу түһүлгэни тэрийбит Ресурснай бырайыактыыр киин (дир. М.М. Донской) өҥөлөрө улахан.

Источник: Люба ГОТОВЦЕВА.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82

Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!

Система Orphus

Наверх

Самаан сайын кэлиитэ саха киһитигэр ордук кэтэһиилээх. Буолумуна, «биир сайыҥҥы күн кыһыны аһатар» диэн мээнэҕэ этиллиэ дуо?

edersaas.ru

Үгэс быһыытынан, норуот синоптига Тускулу кытта быйыл хайдах сайын буоларын туһунан кэпсэттибит.

Тоҥоруу кэмин «дуораана» охсуллар

Кэнники уонча сыл кэтээн кэтээн көрүүбүнэн, күһүн балай да уһаата. Кыһын сымнаата, саас эрдэлиир буолла. Наука үлэһиттэрэ этэллэринэн, кэлиҥҥи 11 сылга орто температура Саха сиригэр +2,5 кыраадыс, оттон мин кэтээн көрүүбүнэн +2 кыраадыс сылыйда. Ити тугу кытта сибээстээҕий? Сиргэ Күн дьайыыта наһаа улахан. Билигин биһиги Күн 11 сыллаах циклын 24 төгүлүн бүтэрэн, 25-с төгүлүгэр киирдибит. Быйылгыттан ыла Күҥҥэ эстии тохтоон эрэр. Оччотугар, нууччалыы эттэххэ, «Малый ледниковый период» саҕаланыан сөп. «Оччотугар хайдах буолабыт?» диэн ыйытыы үөскүүр. Ити этэр бүтэһик кэм 1645-1715 сылларга кэлэн ааспыт. Бу туһунан Европа барыта тоҥон, Францияҕа Сена өрүскэ хаҥкылыы сылдьар оҕолор уруһуйдарын болотуната этэр. Ити тоҥоруу эмискэ кэлиэ суоҕа. 2025 сылтан саҕалаан, 40-50 сыл устата барыа дииллэр. Онон билигин биһиэхэ ол кэлиэхтээх тоҥоруу кэмин «дуораана» охсуллан ааһар дии саныыбын. Ол ону хотугу сиргэ кыһына сымнаабыта, Европа диэки хаардыыр, тоҥорор буолта туоһулуур.

Хатааһыннаах саас

Кэлиҥҥи сылларга саас хатааһыннаах буолла. Быйыл кыһын киин улуустарга өтөрүнэн түспэтэх халыҥ хаар түспүтэ уонна эбиитин тибии бөҕө типпитэ. Онно эбии ардаан, киһини уйар кыстык хаар сыппыта. Үгүс дьон “ууга барар буоллубут” диэн эрдэттэн бэлэмнэммиттэрэ. Кулун тутар 20 күнүгэр куһаҕан, тыаллаах күн этэ. Онон өбүгэлэрбит 44 хонуктаах хатааһын буолар дииллэрэ оруннааҕа көһүннэ. Быйыл саас хатаан, ууну көтүтэн кэбиһэн, ол хаартан дуоннаах уу кэлбэтэ. Ону тэҥэ күөл мууһа чараас буолан, түспүт хаары уйбакка, сааска диэри тааҥнаата. Бу эмиэ өтөрүнэн буолбатах көстүү.

Тыа сиригэр олохсуйан, кыһыны быһа халлааммын анаан кэтээн көрөбүн. Сулустары ырытыыга куораттааҕар быдан табыгастаах эбит. „Үргэл“ сулуһу кэтээн көрдүм — Ыйы быдан үрдүнэн сылдьар. Ити кураан сааска уонна сайыҥҥа оннук буолар. Өбүгэлэрбит халлаантан тутулуктаах буолан, сөпкө да кэтээн көрөллөр эбит диэн сөҕөбүн эрэ.

Уратылаах сайын

Быйыл киин улуустарга ньургуһун үүнүүтэ хойуу гынан баран, биир-биир үүммүт. Кэҕэ кылгас-кылгастык этэр. Ити соччото суох сайын билгэтэ. 

Быйылгы сайын уратыта – субу-субу соһуччу айылҕа дьикти дьайыылара буолуохтара. Эмискэ күүстээх баҕайы тыал, холорук түһүөн сөп. Ол сылаас-тымныы салгын эмискэ хамсааһыныттан тутулуктаах. Ардаҕа суох этиҥнээх, чаҕылҕаннаах буолуоҕа. Ити, биллэн турар, тыа баһаарын күөттүөҕэ. Сорох сиргэ тобурах түһэн, хоромньуну аҕалыан сөп. Эмискэ-эмискэ биэдэрэнэн куппут курдук ардах кэлэн түһүөҕэ. Ону тэҥэ айылҕаны алдьатар үөн-көйүүр тоҕо ааҥнаан иһэр: аһыҥа туруоҕа, клещ үөн элбиир чинчилээх,  „шелкопряд“ диэн үөн үөдүйэн, айылҕаҕа хоромньуну аҕалыаҕа.

Онон туохха барытыгар эрдэттэн сэрэхтээх бэлэмнээх буолуҥ. Дьиэҕит сабараанньатын, кырыыһатын бөҕөргөтүҥ. Икки өттүн хаптаһынынан сабыҥ. Тыалга көтөр малы күлүк сиргэ ууруҥ.

Бэс ыйа

Бэс ыйа сылы аһатар. Ол аата ардаатаҕына, от мас үүнүүтэ үчүгэй буолар. Киин улуустарга сөҥүүтэ суох көннөрү сылаас буолуоҕа. Иккис дэкээдэ ардаҕа кэмчи соҕус. Салгын +20-24 кыраадыс итийиэҕэ. Үһүс дэкээдэҕэ биирдэ-иккитэ эрэ ардыаҕа. Киин улуустарга бэс ыйа кураан буолар чинчилээх.

Бүлүү бөлөх улуустарга ый бастакы дэкээдэтигэр (8-9-с күннэргэ) ардахтаах, сөрүүн соҕус. Орто температура +20 кыраадыс буолуо. Хоту улуустарга — Өлөөҥҥө, Дьааҥыга, Өймөкөөҥҥө быйыл сайын куйаас буолара сабаҕаланар. Төһөнөн соҕуруу Европа дойдуларыгар тымныйар да, оччонон хоту оройуоннарга сылыйыаҕа. Быйыл сайын Өлүөхүмэ, Ленскэй улуустара уруккутааҕар күүскэ сылыйыахтара.

От ыйа

От ыйа куйаас ыйынан биллэр. Ол эрээри урукку курдук куйаас түспэт буолла. Ол Күҥҥэ эстии аҕыйаабытын түмүгэ. Быйылгы от ыйын ардаҕа кэмчи. Ордук алаас сирдээх киин улуустарга кураан сибикитэ биллииһи.

Онон аһыҥа туруута улаатыаҕа. Онтон өрүс, үрэх эҥэрдээх Амма, Таатта, Томпо, Бүлүү бөлөх, Халыма-Индигиир, Өймөкөөн улуустарыгар от үүнүүтэ үчүгэй.

От ыйын 7-20 күннэригэр сайыҥҥылыы куйаас күннэр туруохтара. Бу кэми мүччү тутумаҥ — үрдүк хаачыстыбалаах оту ылыаххыт. Кэлиҥҥи кэмҥэ окко наһаа хойут киирэр буолан, оту ардахха былдьатыы элбээтэ. Ити барыта норуокка тарҕаммыт «Абааһы мунньаҕа». От ыйын саҥатыгар киирбит дьоҥҥо ол дьыала дьайбат. Онон „Бөтүрүөп Таҥара“ иннинэ окко киирэ охсуохха наада.

От ыйын 13 күнэ — Кунай хотуурдаах күнэ. Бу күн от охсуллубат, „Абааһы мунньахтыыр күнэ“.  От эрэ охсуллубат, атын үлэ көҥүллэнэр. Ый иккис дэкээдэтигэр  салгын температурата +23-28 кыраадыс. Сынньанар, сөтүөлүүр дьоҥҥо сүбэ — маҥнайгы куйаас түһээтин кытта, сөтүөлээн хаалыҥ. Кэлиҥҥи сылларга сөтүөлүүр кэми олох кылгас, ону туһанан хаалыҥ.

Быйылгы от ыйа — кураан. От ыйын саҥатыгар уонна бүтэһик күннэригэр эрэ ардахтаах буолуо. Сир аһа — дьэдьэн да, хаптаҕас да киин алаас сирдэрдээх дойдуга кэмчи буолуоҕа. Түүнүн тымныы, күнүһүн куйаас буолан, иинэн-хатан халыаҕа. Өрүс эҥэрдээх үрэх сирдэргэ дьэдьэн, хаптаҕас, моонньоҕон өлгөмнүк үүнүөҕэ. Бу кэмҥэ оҕуруот саамай ууга наадыйар кэмэ, онон уута эрдэттэн хаһаанан кэбиһиҥ.

Атырдьах ыйа

Быйылгы атырдьах ыйа ардахтаах буолуоҕа. Онон от үлэтин от ыйыгар үмүрүтэр ордук. Улуустарга барытыгар ардахтаах күннэр туруохтара. Онон оҕуруокка да, сир аһыгар да олус туһалаах буолуоҕа. Үчүгэй күннэр улууска барытыгар хойукка дылы туруохтара. Наһаа куйааһа суох, сөбүгэр сылаас буолуоҕа. Быйыл оҕуруот аһа, сир аһа атырдьах ыйа үчүгэй буолан, үүнүүтэ өлгөм буолуоҕа. Тэллэй да, отон да баар буолуоҕа. Быйылгы атырдьах ыйа былырыыҥҥыны батыһыаҕа. Онон сир аһын, оҕуруот аһына хаһаанан хаалыҥ.

Кэлиҥҥи кэмҥэ эмтээх оту-маһы хомуйуу уонна хаһааныы сайдан эрэр. Онон билэр дьонтон сүбэлэтэн, туһалаах оту-маһы хаһаанан кэбиһиҥ. Ордук ньургуһун төбөтүн, үөрэ оту, хатыҥ ытарҕатын, сэбирдэҕин, кучу оту, дөлүһүөн аһын лабаатын силиһин, бэриэй от силиһин кыһыны быһа утах оҥостон, иһэ сылдьыҥ.

   Уйгу сайыны Сир ийэ отчут-масчыт, үлэһит сахаҕа анаабыт кэмэ. Оттуур алааскытын-сыһыыгытын бэркэ болҕойон эргиччи көрүҥ. Алгыстаах тылгытынан алҕаан, аһыаххыт иннинэ арыылаах-сыалаах аскыт бастыҥын айахта тутуҥ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ уонна батсааптан.

Видео — батсааптан.


С этим файлом связано 43 файл(ов). Среди них: Нарыйа.pptx, лысенко.pdf, КЗ_Бухгалтерский учет_РЧ_2021_(1) (1).docx, МЕТОД РЕКОМЕНДАЦИИ ПП ПМ 01 2022.docx, metodicheskie rekomendacii po_proizvod. praktike_pm.docx, МУ к ПР по ПМ.01.doc, Документ Microsoft Word.docx, Документ Microsoft Word.docx, Справка о проведенной неделе Олонхо.docx, ЛОГОГ.docx, ege7.doc, +РП ИЗО 5 класс ФГОС 2022-2023 г. Солодухин В.В..docx, jg.docx, Материалы и изделия для соединения и оконцевания кабеля.docx, ДОКЛАД мой.pptx, общество.docx, Введение.docx, доклад Характер и его воспитание.docx, 7 кл алгебра и 6 ВУД.doc, Практическая работа 1.docx, Задание к Лекции 4..docx, Практическая работа №1Дьяконов.docx, КТП технол. 6 Точка роста.docx, КТП техн. 5 Точка роста.docx, 5класс 8вид.odt, Истоки 8 класс.docx, 9 кл 8 вид.doc, Разработка контекстных заданий по физике.docx, ТР программы.doc, Про улицы эссе.docx, Эссе Моя улица.docx, Эссе.docx, Улица.docx, Творческое эссе Улица.docx, Творческое эссе.docx, Сочинение Моя улица.doc, ПОРОХОМ ПРОПАХШИЕ ФРОНТОВЫЕ ПИСЬМА УЧИТЕЛЕЙ – ВОИНОВ..docx, Барахов..docx, Эссе известные личности.doc, Урок мужества к 23 февраля.docx, Практическая работа по теме Потапова К.В..odt, Статья о 50- летии школы.docx, Информация…docx и ещё 33 файл(а).
Показать все связанные файлы


Подборка по базе: я помню я горжусь сочинение.doc, Задание 27 сочинение.doc, дача сочинение.docx, краеведческое сочинение.docx, Современное общество выдвигает новые требования к воспитательно., Урок 91. Сочинение по репродукции картины В. А. Серова «Мика Мор, 5 класс_Обучающее сочинение-повествование _Памятный день_.ppt, мое сочинение.docx, Рерих сочинение.docx, About Myself (liana) — сочинение на английском языке.docx


Киьиэхэ — тереебут дойдута.

Бу олоххо хас биирдии киьи тереебут дойдулаах буолар. Омугуттан, киьититтэн тутулуга суох. Хантан хааннаах, кимтэн кииннээх буола5ыный диэн былыр-былыргыттан ебугэ са5аттан билисиьиигэ бастакы ыйытыы буолар. Киьи кыра эрдэ5иттэн бастакы хардыытын онорбут дьиэтэ, тэлгэьэтэ, тыыммыт салгына – бу буолар киьи тереебут дойдута. Улаатан истэх аайы киьи тереебут тэлгэьэтиттэн, дойдутуттан кынаттанан тэлэьийэр, ыраатар аналлаах. Ол эрээри, киьи тереебут дойдутун сылааьын сурэ5эр иитиэхтээн илдьэ сылдьар, куруутун саныыр-ахтар, туулугэр туьээн керер.

Тереебут дойдуга куустээх тапталы Саха сирин угус биллиилээх суруйааччылара айымньыларыгар хоьуйбуттара:

Онно мин тэһийиминэ, тэскилээбитим,

Ол дойду дьоллоох долгунугар олороммун,

Тулуйумуна, туоххаһыйбытым.

Тоҕо оннугуй диэтэргит, —

Тоһоҕолоон үөскээбит тоҕой сэлэ дойдум

Тоҕо эрэ, тоҕо эрэ…

Чөмчөкөм иһиттэн төлөрүйбэт этэ.

Бу Анемподист Иванович Софронов – Алампа «Тереебут дойду» диэн хоьоонугар суруйбут киьи ханнык ба5арар дойдуга сырытта5ына теьелеех да учугэй сиргэ сырыттар, син биир, то5о эрэ, то5о эрэ, тереебут дойдум сылааьа тардар диир. Теье да кини саха бала5аныгар, кыьынны тымныыга сыттар син биир тереебут дойдутун сылааьа сурэ5эр баар. Кини атын дойдуга баран тэьийбэтэх, тулуйбатах, тереебут дойдутун туохха да тэннээбэтэх, биэрбэтэх.

Алексей Елисеевич Кулаковскай – Ексекулээх Елексей «Ерус бэлэхтэрэ» диэн айымньытыгар Елуенэ ерус Хотугу муустаах муора5а тиийэн урэхтэрин, куеллэрин, ерустэрин сиэн кыргыттарым, балыстарым диэн кэрэ бэлэх онорон кэпсиир:

Аргый сүүрүктээх,

Аҥаархай салгыннаах,

Аҥаат-муҥаат хочолордоох,

Ахса суох дьонноох

Абыраллаах үрэх

Амма хатын диэн.

Хас биирдии Саха сирин ерустэрин олус кэрэтик ойуулаан кердерер. Биьиги хас сайын аайы Амма ерускэ сетуелээн, сынньанан кэлэбит, онон бу айымньыттан миэхэ Амма ерус ойууламмыта илэ харахпар кердум.

Биһиги төрөөбүт кыраайбыт дьикти айылҕалаах, элэккэй дьоннордоох уонна ыраас салгыннаах. Мин төрөөбүт дойдум уһун томороон тымныылаах, кылгас куйаас сайыннаах. Ханна да суох ураты кэрэ көстүүлээх, хатыламмат дьиктилээх сирдэрдээх. Хас биирдии киьи тереебут дойдулаах, сирдээх-уоттаах. Таптаан, харыстаан тереебут дойдугутун.

Конкурсант 2

Кыттааччы №2

Сайын

Таһырдьа сып –сылаас,
Чыычаахтар ыллыыллар.
Күн уота күүһүрэр,
Хонуу сибэккинэн симэнэр.

Сарсыарда тураммын ,
Таһырдьа сүүрэбин.
Сайыҥҥы салгыны,
Астына тыынабын.

Күөлбэр сөтүөлүөм,
Күүс-уох эбиниэм.
Сөрүүн уутугар,
Ыстана мин оонньуом.

Сайыны таптыыбын,
Сайыны күүтэбин,
Кини миэхэ өрүү
Үөрүү кыымын саҕар.

Эверстова Нарыйаана, 7 кылаас, Л.Н. Харитонов аатынан Маҕарас орто оскуолата, Горнай улууһа.

Конкурсант 3

Кыттааччы №3

 Сайын

Сайын кэллэ, сайын кэллэ,
Куйаас күннэр үүннүлэр.
Оҕо-аймах ыллыы –туойа,
Сөтүөлүү ыстанна.

Хонуу аайы эҥин араас,
Сибэккилэр үүммүттэр.
Ойуур тыаҕа сир аһын,
Талбыккынан үргүүгүн.

Чыычаах, көтөр саҥатын,
Истэммин мин уһуктабын.
Ийэм хойуу күөрчэҕэ,
Минньигэһиин, олус да!

Кылгас сайыммытын,
Бары бииргэ көрсөбүт.
Кинини таптыыбыт,
Ааһан хаалыан баҕарбаппыт.

Степанова Даниела, 6 кылаас, Л.Н. Харитонов аатынан Маҕарас орто оскуолата, Горнай улууһа.

Салайааччы: Степанова Мария Романовна «Одуну кыымнара» литературнай куруһуок салайааччыта

Саха сиригэр сайын саҕаланна

Читайте нас на

Яндекс Новости

ЯДВ

Бэс ыйын 1 күнэ. Самаан сайын салалынна. От-мас көҕөрдө. Көтөр-сүүрэр, ынах-сүөһү этэҥҥэ күөххэ үктэннэ. Сайылыкка хаһаайыстыбалар көстүлэр. Бааһыналарга хортуоппуй олордо. Үөрэх дьыла түмүктэннэ, оҕо-аймах үөрдэ-көттө.


Бэс ыйа — саха халандаарыгар:

Бэс ыйын 3 күнэ

Саар Көстөкүүн күнэ. Анды кэлэр. Сайылыкка көһөллөр. Собо ыыр.

Саар Көстөкүүн. Анды, ээбиллэ кэлэр. Бу күн ардахтаах буоллаҕына — күһүнэ ардахтаах.

Мүөттээх сиик түһэр. Сүмэһин таһаарар үүнээйи аһылыктаах үөн-көйүүр тиллэр, ыам кумаара түһэр.

Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус-хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу — үчүгэй үүнүүлээх дьыл.

Российскай федерация суверенитетын күнэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр.

Бэс ыйын 14 күнэ

Самаан сайын саҕаланар кэмэ. Ыhыахтар саҕаланаллар. Ардаатаҕына — үчүгэй үүнүү.

  • Ил Дархан түүрэйи утары үлэни күүһүрдэргэ сорудахтаата
  • Арктика автоэкспедицията Саха сирин икки тымныы оройун холбуоҕа
  • Саха сирин оҕолоро күүстэрин «Өбүгэ оонньууларыгар» холоноллор
  • СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин төлөпүөннэригэр Украинаттан сымыйа смстар кэлиэхтэрин сөп
  • Дьааҥы улууһуттан СВО-ҕа кыттар уолаттар ийэлэрин дойдуларыгар эҕэрдэлээтилэр

Понравилась статья? Поделить с друзьями:
  • Сахалинский колледж искусств вступительные экзамены
  • Саха тыла сочинение
  • Саратовский центр егэ
  • Саратовский мвд институт вступительные экзамены
  • Саратовский военный институт внутренних войск мвд россии экзамены